Конкурс стихов
Положение конкурса
Команда проекта объявляет конкурс стихов на тему «Благодарность Матерям…» с 15 июля 2019 г по 20 ноября 2019 г.
Цель конкурса:
-
Воспитание чувства любви, благодарности и гордости женщине Матери
-
Выявление стиха для первой страницы стенда увековечивания многодетных женщин
Участниками конкурса могут быть дети, подростки, молодежь, пенсионеры, жители села Кылайы и выходцы из данного села живущие за пределами наслега.
Работы на конкурс отправляются:
-
через WhatsApp на номера: 8924-170-20-47 (Винокурова Нина Денисовна);8924-461-19-16 (Громова Надежда Николаевна) или на группу села Кылайы и «Тюлээх тумсуу»
-
на сайт https://ninav-1963.wixsite.com/project НКО «Фонд поддержки семей с детьми и молодежи муниципального района «Усть-Алданский улус (район)»на страничку проекта «Материнская слава»
Стихи будут выставляться на этом сайте, пожалуйста все кто интересуется оставьте свои комментарии , жюри данного проекта учтет ваши комментарии, оценит работы и выберет самого лучшего стихотворения, который будет печататься на первом стенде сквере с именем автора. По итогам конкурса всем участникам команда проекта вручит буклет-сборник стихов конкурсантов.
Члены жюри:
1.Винокурова Нина Денисовна-руководитель проекта
2.Громова Надежда Николаевна-волонтер проекта
3.Сторожева Виктория Петровна- генеральный директор НКО «Фонд поддержки семей с детьми и молодежи муниципального района «Усть-Алданский улус (район)»на страничку проекта «Материнская слава»
.Ийэлэргэ.
Ийэҕэ анаммыт тылынан
Ырыабыт биһиэнэ ылланан,
Үйэлэр тухары ааттаннын,
Көлүөнэ ыччатын махтаннын.
Күннээҕи түбүгүн быыһыгар
Кыратык сынньанан ыларгар,
Дууһаттан долгуйа ыллыыргар
Дьоллонор эбиппит сыллыыргар.
Ааспытын кэнниттэн өйдүүбүт,
Күннэтэ быстыбат түбүккүн.
Сүппүтүн кэнниттэн көрдүүбүт,
Кимҥэ да тэҥнэммэт күлүккүн.
Олохпут суолларын арыйан,
Көтүппүт эбиккин уйаттан,
Оҕо саас сылларын сайыһан,
Көрдүүбүт кэннини хайыһан.
Сирдээҕи аналы толорон,
Ааспыккын кэрэтик олорон.
Эн ааккын бу сиргэ ааттыыллар,
Олоххун оҕолор салгыыллар.
Ыллаатын халлааҥҥа күөрэгэй.
Аар хатыҥ буолаҥҥын хаалбыккын.
Өйдөбүл ыччаккар дэлэгэй,
Быстыбат суоллары талбыккын.
Ийэҕэ анаммыт тылынан,
Ыпыабыт биһиэнэ ылланан,
Үйэлэр тухары туойуоҕун,
Ийэҕэ махталы уунуоҕун!
Мэнигийээн-Алексей Дмитрьевич Константинов
Кун Кубэй Ийэлэргэ
Күн күбэй ийэҕэр сүгүрүй
Күн сирин көрдөрбүт киһигэр,
Күннэтэ "Киһи буол! Дьоллоох буол!"
Көрдөһө сипсийбит күүһүгэр.
Күн күбэй ийэҕин харыстаа
Кэрэҕэ, үтүөҕэ эн тардыс,
Кэлэтэр, хомотор буолума
Кэрэмэс дууһатын аймаама.
Күн күбэй ийэҕин умнума
Кылгас да илдьиккин эн ыытыый,
Күннэтэ көҕүрүүр күүһүгэр
Күүс-көмө буоларгын умнума.
Полина-Победа,
20.07.2019с.
Ийэбэр махталым.
Сааһыран истэ5им аайытын
Ийэбин саныырым күүһүрэр,
Эдэрбэр эппэтэх махталым
Мин уйан дууһабын долгутар.
Эн курдук уйа5ас дууһалаах,
Эриэккэс эйэ5эс майгылаах,
Ураты минньигэс мичээрдээх
Бу сиргэ ким да суох, бада5а
Күн сирин сырдыгын көрөммүн
Олоххо дьоллоохпун диэбиппэр
Үлэттэн дуоһуйуу ылбыппар,
Махталым эйиэхэ ананар.
Алгыстаана
Ийэм мичээрэ
Ийэм истин мичээрэ,
Ийэм нарын куолаьа,
Ийэм таптыыр хара5а
Инэн хаалбыт сурэхпэр.
Кини эппит тылларын
Кини ба5а санаатын
Кини биэрбит тапталын
Еруу илдьэ сылдьабын.
Олох биэрбит киьибин
Кунун аайы саныыбын
О5о курдук сананан
Кууспэр кууьу ылабын.
Махтал буоллун эйиэхэ,
Мааны намчы киьиэхэ
Орто дойду оло5ун
Ордороннун биэрбиккэр
Глера Васильева
Тыыннаах таҥарам
Ийэ – диэн күндүттэн күндү
Күн сирин бэлэх ууммут,
Такыйан, таптаан, маанылаан,
Олох суолугар киллэрбит киһибит.
Ийэ – диэн оҕо, эдэр саас..
*Сылаас тапталгын иҥэрэн,*
*Күн* сардаҥатыныы кыыһа,
Куруут аттыбар буоларын.
Ийэ – диэн амарах дууһалаах,
Ыраас – кэрэ майгылаах,
Элбэх үтүө санаанан алҕаан,
Иннибит диэки, эрэнэ үппүтэ.
Ийэ – диэн хатылыыбыт өрүүтүн
Хомолтоҕо, үөрүүгэ ыҥыра,
Сүбэҕин – амаҕын үллэстэ
Иһирэх тыллары этэриҥ.
Ийэ – диэн элбэх түбүктээх
Мэлдьи ахтан, мунчаарар.
Түүннэри – күннэри кэтэһэр
Түннүктэн хараҕа арахпат.
Ийэ – диэн сүппэт кэрэ мөссүөн
Бу олохтон бардаргын даҕаны,
Бэйэн сулустуу кыыһаҕын,
Анньал буолан арыаллыаҥ.
Иэйҕэ сүгүрүйүөҕүн тобукутуу,
Махтана истиҥник туойуоҕун.
Кини эрэ буолар бу сиргэ,
Тыыннаах таҥара – Ийэ барахсан.
Ийэни үйэтитиэҕин дьылларга,
Ийэ ытык аартыгын арыйан.
Өйдөбүл буоллун кэнэҕэски
Үүнэр көлүөнэ ыччакка.
Майорова Акулина Семеновна
Ийэ5э ананар иэйиини,
Тапталтан хоьуллар тыллары,
Ис санаа кэрэтин, сумэтин
Аныыбыт мэлдьитин биьиги
Ийэбит ньилбэгэр олорон,
Санаабыт барыта табыллар
Ып- ыараас халлааммыт иэнигэр
Кетутэр киэн далай ньууругар
Олоххо эрэли са5ара,
Сурэ5ин сылааьын уунара,
Утуе5э , кэрэ5э сирдиирэ
Киьи буол диэн алгыыра .
Санаабын туьэрбит куннэрбэр ,
Истэбин ийэкээм куолаьын,
Оччо5о эрдийэн кэлэбин
Олохпор куус кудэх ылабын
Хас биирдии киьиэхэ
Биир санаа уескуур дии
Туохха да тэннэммэт Ийэ5э
Махталын хоьуйан туойар дии
Агафья Афанасьева - Арылы - Сээн
Ахсынньы 3 кунэ,2019
Айхал-Ийэлэргэ.
Орто дойдуну көрдөрбүт
Ыччат үтүөтүн тэниппит
Күндү Күбэй Ийэлэргэ,
Айхал ананар - эһиэхэ.
Чаҕыйан турбакка олохтон
Сүрэххит истиҥ иэйиитин,
Сүһүөххүт күүстээх туругун
Ыччакка анаабыт эбиккит.
Утум ыллыктаах ыччатын,
Эһигиттэн кынаттанан
Ыра санаа алгыстанар
Ыраахха кыырайа көтөр.
Сквергэ таарыйан ааһыаҕын
Ытык ийэни өйдөөммүт.
Кэлиэх нөрүйэ, сүгүрүйэ,
Албан ааттаах, Ийэлэргэ!.
6.12.2019
Анна Ильинична Семенова