ОТЗЫВЫ о проекте
Первые итоги проекта “Слава Матери”
В наслеге Тюлях Усть-Алданского улуса РС(Я) по инициативе детей матери героини Марии Романовны Винокуровой – Громовой работает проект “Слава Матери”. Сделано очень много – работа с документами, работа с населением - семьями многодетных матерей, начиная от матерей родивших и воспитавших 5 и более детей. Как и во многих деревень, сел, наслегов Якутии их в с.Тюлях много. В наслеге чуть более 500 жителями таких семей более 63. Установлен стенд посвященный им, проведены работы по благоустройству местности. Сквер уже стал местом встречи разных поколений и очень похвально, символично, что рядом находится детская площадка с разными аттракционами, которые в свою очередь полезны для здоровья, развитию координации движений, помогают в общении. Надо заметить важность таких моментов как перенасыщенность времени проведении времени с гаджетами, телефонами и т.д.
Со стороны учебных, культурных заведений наслега идет научно – исследовательская работа по расслеживанию жизненных путей семей матерей героинь, выявляют рабочие династии, способности, таланты, достижения, победы, особенности воспитания и подвели все это в виде презентаций, видеороликов, сочинений. Безусловно это в будущем поможет при выборе будущей профессии, укрепит связь между поколениями, отношения к старшим, старших к молодому поколению, найти общий интерес. Тем самым все это ведет укреплению института семьи, повышения роли родителей. А, как известно семья ячейка общества и если в каждой ячейке есть взаимопонимание, взаимопомощь, то последовательно общество будет крепким.
С такой же целью организованы разного рода конкурсы стихов, фотографий о природе родного села, День Семьи ( отметили семьи с круглыми датами), конкурс снежных фигур, изделия из льда, где приоритет дается коллективной работе семьи. Таким образом ведется целенаправленная, систематическая работа проекта “Слава Матери” которая охватывает все аспекты семейной жизни.
Очень хотелось бы продолжения такого замечательного проекта.Провести выставку изделий народного творчества, композиций, а еще семинары, учебы, школы молодых матерей.
Наталья Ивановна Руфова
Мин ийэм өлбүтэ алта уонтан тахса сыл буолла. Кыра эрдэхпинэ өлбүт буолан билиҥҥэ диэри куруук саныыбын, ахтабын. Быйыл Түүлээххэ ийэ скверигэр мин ийэм хаартыскатын туруорбуттарыттан наһаа үөрэн, дьоллонон олоробун. Ийэбин дьон сэргэ көрүө диэн. Ас таҥас, аас туор кэмҥэ өлөн туох да күрүөтэ суох буолан ханан сытара биллибэт этэ. Ол иһин олус үөрдүм ийэм аата тилиннэ диэн. Онон эдэрдэр ийэҕитин харыстаан.
Мин Ийэ скверэ ыһыахтыыр сиргэ тутуллубутуттан астынабын. Ити сир айылҕата олоҥко курдук кыраһыабай сир этэ. Оччоҕо дьоммут барахсаттар үөрбүт көппүт, дьолломмут, ыһыахтаабыт сирдэригэр турууһулар. Урут ыһыахтыы бараары быысапкалаах түүппүлэ тиктэр этибит. Үтэһэлээх эти сиэри, дьиэҕэ ким да хаалбат курдуга.
Оҕо площатката олус үчүгэй буолбут, сквери эбии киэргэппит. Түүлээхпит олох куорат курдук буолбут.
Ити элбэх оҕолоох ийэлэр, бука бары, сэрии иннинэ да сэрии кэмигэр да, кыайыы кэннэ даҕаны колхоз саамай ыарахан үлэтин кинилэр,үлэлээбиттэрэ. Советскай былаас,онтон барыта кыайыы туһугар диэн. Онон ити урут өлбүт ийэлэри барыларын сэрии ветераннарыгар тэҥниибин, сүгүрүйэбин. Туох да усулуобуйа, көрүү суох буолан,оҕо-уруу, кыаммат дьон бөҕө өлбүтэ диэн кэпсиир этилэр. Ити. Сүөдэр 24 оҕотуттан үс эрэ оҕо хаалбыт. Аҕам түөрт оҕото өлбүт. Туох да ас суох,саатар охтон өлбүт сылгыны сиэппэккэ уматтаран кээһэр үһүлэр. Эгэ үрүҥ ас биэриэхтэрэ дуо. Ийэм эппитэ, биирдэ иэдьэгэй биэрбиттэр,үөрбүт аҕай,онтукайа сиэри гыммыта барыта кыймаҥнас сахсырга үөнэ этэ диэн, кэпсээхтээбитэ. Чэ ол эрэ буолуо дуо, олус элбэҕи кэпсиир этилэр. Онон ити сквер кинилэр сырдык ааттарын ааттата туруо диэн олус үөрдүм уонна махтанабын. Аны итинник ыар олох хаһан да кэлбэтин бу. Ийэ дойдубутугар.
Акулина Гаврильевна Кузьмина (Оллонова) Нижний Бестях,14.10.2020
Убайдарбытын, Эдьиийдэрбитин, Санастарбытын ордук чуолаан проект авторын убайбытын Баанньаны уонна проект салайааччытын санаспытын Нинаны улахан улэ5ит утуе тумуктээх буолбутунан э5эрдэлиибит!
Эбээбит Эьээбит утуе ааттарын уйэтиппиккитигэр махтанабыт. Сквер Захаардар ааттарын ыччаттарын уйэ саас тухары ааттата утуе сура5ынан сура5ырда турара чахчы киьи астынар уерэр Киэн туттар.
Гоголев Александр Васильевич,Захаардар сиэннэрэ.
Боро5он, 10.06.2020
Захаардар оголоругар барга махтал, ийэлэрбитин, эбээлэрбитин ытык ааттарын уйэтитэр сквер оцорорбуттарыгар. Сыралаах улэгитин тумуктээн бугун аьыллыы сиэрин туомун толорор куццутунэн эгэрдэ, уруй-айхал буоллун! Доруобай буолуц ессе да айа тута сылдьын.
Аймах - билэ дьоммор , Түүлээх нэһилиэгин биир киэн туттар Мария Романовна , Захар Васильевич улахан дьиэ кэргэттэрин уолаттарыгар , кийииттэригэр анаан барҕа махтал тылларын тиэрдэрбин көҥүллээҥ.
Саҥаспыт Нина Денисовна көҕүлээһининэн улууспутугар биир бастакынан Күн күбэй Ийэлэргэ аналлаах дьоһун - астык , көрбүт эрэ кэрэхсиир , истибит эрэ биһириир искибиэрин кылгас кэмҥэ оҥорон дьон көрүүтүгэр таһаарбыккытынан!
Кыракый уһук нэһилиэктэн төһөлөөх оҕо - уруу үүнэн - сайдан өрөспөбүүлүкэбитин биир гына үлэлии - хамсыы сылдьалларын бар дьон сөҕө - махтайа көрөр балаһыанньалар үөскээтэ.
Түүлээх нэһ.күн күбэй ийэлэрэ барахсаттар сирэй мөссүөннэрэ бар дьон көрүүтүгэр , ыччат дьоҥҥо иитэр - үөрэтэр хайысхалаах сыалай болуоссат буолан дьэндэйиитэ - чугаһынан суох үтүөкэн көстүү.
Бар дьоммут , үтүөкэн оҥоһугу күннэтэ харыстааҥ , ытыгылааҥ , Күн күбэй ийэлэргэ истиҥ иэйии , дириҥ ытыктабыл , таптал күннэтэ баар буолуохтун!
Бука барыгытыгар этэҥҥэ буолууну , ыарыыга ылларбакка салгыы айа - тута , үлэлии сылдьаргытыгар баҕарабын .
Геннадий Михайлович Жирков, 9.07.2020, Дьокуускай куорат
Үтүө өйдөбүллээх, инники кэскиллээх проект оҥоһуллан арыллан эрэринэн Винокуровтар сыдьааннарыгар барҕа махтал! Наһаа кэрэ көстүү биһиги дэриэбинэбитигэр тутуллубут, олох атын көстүү. Доруобай буолуҥ, дьол тосхойдуҥ!
Үтүө сарсыарданан! Истиҥ эҕэрдэҕэ кыттыһабыт, баҕа санааҕыт туолан олоххо киирэн эрэринэн Мария Романовна, Захар Васильевич Винокуровтар дьиэ-кэргэттэригэр махтал! Доруобуйаны, бары үтүөнү баҕарабыт!
Улахан махталбын тиэрдэбин, наьаа учугэй памятнай кинигэ, бэлэх иьин киллэрбиккитинэн. 10 сыл миэхэ сыьаайба курдук уеруу онордугут. Бу кун фотосессия беге буолбуппут. Улахан ессе тегул баьыыба. Доруобуйаны , дьолу , ситиьиини багарабын .
Ульяна, Александр Афанасьевтар,16.07.2020,Туулээх
Винокуров Захар,Мария оҕолоругар,аймахтарыгар уонна онно кыттыспыт,үлэлэспит биир дойдулаахтарбытыгар барҕа МАХТАЛ!!!Эһиги үтүө санааҕыт,үтүмэн сыралаах үлэҕит түмүктэммитинэн.
Күндүтүк саныыр,тапталлаах ийэлэрбит,чугас дьоммутугар аналлаах сквер оҥоһуллан үөрүүбүт муҥура суох.Этэҥҥэ буолууну,дьоллоох олоҕу барыгытыгар баҕарабыт
Маладьыастар,сыралаах үлэҕит түмүгэ,үрдүктүк сыаналаммытынан, өссө төгүл эҕэрдэ!!!
Дойдугут дьоно,оҕо уруу үөрүүлэрэ,тугунан да сыаналаммат махталын ылбыккытынан.
Эһиэхэ баҕарабыт үлэлээбит үлэҕит ситиһиилэнэ турдуннар,оҕолор, сиэттэр этэҥҥэ,үтүө үлэһит дьон буоллуннар,бары үчүгэйи,кэрэни,доруобуйаны,дьоллоох буолун!
Татьяна Неустроева, 9.07.2020, Дьокуускай куорат
Нина Денисовна , чугаһынан киһи кими да кытта тэҥнээбэт , тэҥнээн көрүөҕү ханна да суох сиэдэрэй , киһи эрэ кэрэхсиир , хас биирдии олохтоох киһи киэн туттан кэпсиир - көрдөрөр сүдү оҥоһугун оҥорторо сылдьаргыттан мин биир бэйэм олус астынабын.
Киһи тыыннааҕын тухары баҕа санаата сиппэт , ыра санаа куруук баар , кыра итэҕэс - быһаҕас хаһан баҕарар баар буолуоҕа.
Гранын харчыта да киһи наһаа көмүһүнэн симээн силигин ситэриэхтээх бөдөҥ суума буолбатах...
499 000 солк.диэн биһиги истэрбитигэр харчы курдук.
Кыахтаах , аны баай дьоннорун балтараа чаас бөртөлүөтүнэн көтөн бүтэрэр харчылара...
Олус тэтимнээхтик үлэлээн , кылгас кэмҥэ бүтэрэн эрэллэр.
Дьон - сэргэ мөлүйүөнүнэн сууматтан хамнас ордорунан эрдэхтэрэ буолуо дииллэрэ буолуо...
Ис дьиҥэ солкуобай да хамнаска харчы ордубатаҕын ким да билбэт ...
Ол эрэн дьон - сэргэ ону билэрэ эмиэ наада буолуо.Чыыстай патриоттуу санааттан герой ийэ - аҕа уолаттара ис санааларыттан дьаныһан оҥорон бүтэрэн эрэллэриттэн олуһун үөрэбин .
Бырайыак туһунан дьиҥнээхтик бар дьоҥҥо кэпсииргин кэтэһэбин .
Саха сиригэр үгүстэргэ холобур буолар оҥоһук биһиги Түүлээхпитигэр баар буолан эрэриттэн биир тутум үрдүөхтээхпит , Түүлээх нэһ.туһунан өйдөбүл бүтүн Саха сиригэр өссө дорҕооннонон бар дьоҥҥо иһиллиэҕэ , сыдьааммыт саха аймахха олус дэлэйиттэн бүттүүн бары соһуйар - үөрэр кэммит кэлиэҕэ .
Нина Денисовна , кийиит уонна саҥас быһыытынан биһиэхэ аптарытыатыҥ хас да төгүл үрдээтэ. Кытаатыҥ , бэрт кыра хаалла , барыта этэҥҥэ буолуохтун!
Геннадий Михайлович Жирков, ыам ыйа, Дьокуускай куорат
Итиннэ детскэй площадка туран, оҕолор оонньуохтара, сэргэхсийиэ. Урут ыһыахха дьон бөҕө тоҕуоруһа мустар сирэ билигин быраҕыллан турбута хобдох көстүү этэ
Альбина Николаевна Громова, ыам ыйа, Онерцы
Биир сыллаах сыралаах улэгит тумугэ урдук таьымна ааспытынан,нэьилиэк олус уерэн,ере кетегуллэн Ийэ Скверин аьыллыытын бэлиэтээбитинэн улахан эгэрдэ!Дьиэ кэргэттэргитигэр ессе урдук ситиьиилэри,уйгулаах ологу багарабын.
Надежда Николаевна Громова, 9.07.2020, Дьокуускай куорат
Наһаа үчүгэй проект, Нина Денисовнанан сирэйдээн Мария Романовна Громова оҕолоругар, кийииттэригэр, күтүөттэригэр, сиэннэригэр Түүлээхтээҕи олохтоох библиотека аатыттан барҕа махталбын тиэрдэбин. Сылы быһа нэһилиэккэ ыытыллыбыт араас тэрээһиннэрэ киһини сөхтөрөр. Нэһилиэк килбэйэр киинигэр сквер тутуллубута оҕо аймахха, кэлэр көлүөнэҕэ үтүө үгэс курдук буолуо диэн эрэллээхпит
Туяра Михайловна Ушницкая , Туулээх нэьилиэгэ